Ситим-сир туһунан

Бу "КиберСаха" диэн ааттаммыт бөлөх блога. Сүрүн ситим-сирэ манна баар www.cybersakha.org

воскресенье, 13 января 2013 г.

Эдуард Рудых эрийэ сырытта!

Араадьыйаттан Эдуард Рудых эрийэн быһа эпииргэ тахсаҕын дуо диэн ыйытар. Саха биикитигэр ыстатыйа суруйууга күрэс ыыта турабыт, ону истибит.
Бэрт буолбат дуо?

Уот саһыл тылбаастанар

ПутльЛокамойшн диэн Аапырыка итии кытылларыгар олохтоох сиэрбискэ Мозилла Фаэфокс диэн ситим-сирдэри көрөр бырагыраамма тас таһаатын тылбаастаабыппыт үһүс сылыгар барда быһыылаах.

понедельник, 12 декабря 2011 г.

Саха тыллаах хаһыат 90 сыла дуо?

Бээһээ үбүлүөйгэ сырыттым.
Сахалыы тыллаах хаһыаттар 90 сыллара диэн ыҥырбыттара.
Ону баара иккис тыл этээччи Ил Түмэн дьокутаата (бастакы зампред Габышева этэ) олох да официальнай эрэ хаһыат 90 сылын туолла, оттон 100% сахалыы тыллаах хаһыат бастакы нүөмэрэ 1907 сыллааха тахсыбыта, ол аата сүүстэн тахса сыл ынараа өттүгэр диэн дьону эмиэ да үөртэ, эмиэ да соһутта. Онон бу үбүлүөй - официальнай бырабыыталыстыба хаһыата "Саха Сирэ" хаһыат үбүлүөйэ диэн салгыы эттэ.

Онтон сылтаан МВД бэрэстэбиитэлэ симиттэн хаалан, ыҥырыы сурук хойут кэлбитэ иҥин, онон сыыһа бэлэмнэммиппит диэбит курдук, "Кыым" хаһыат суруналыыһыгар туох эрэ наҕараада туттардаҕа үһү))))

Дьэ сор диэтэҕиҥ)))

понедельник, 31 октября 2011 г.

Тылбытын омуктар сэргииллэр

Бэҕэһээ фэйсбуукпар икки киһи суруйбут Швецияттан уонна Австрияттан.

Туох эрэ хамсааһын буолуох курдук дуу...

Бу күннэргэ цифровой уопсастыба сайдыытын 5 сыллаах былаанын аахтым. Киһи сэргиир дөкүмүөнэ. Баар балаһыанньа сөпкө ойууламмыт курдук.
Тугу ситиһиллиэхтээҕэ уопсай тылынан да буоллар баар курдук.
Тоҕо көрдүҥ диэ... Бастакытынан, былаас тугу былаанныырын билэр куолу. Оттон иккиһинэн...
Баҕар, онно киирсэн тугу эрэ оҥорорго көмө буолбут киһи диэн...

среда, 12 октября 2011 г.

Путин электроннай кинигэ сыанатын үрдэтиэн сөп

Бу сарсыардаттан Коммерсант-Деньги супрунаалы ааҕа олоробун.
Премьер көннөрү кинигэ электрон кинигэҕэ хоттороору гыммытыттан дьиксинэр үһү. Кини дааннайынан кумааҕы кинигэ орто себестоимоһа 4 мөһөөк, оттон электрон кинигэ - 70 эрэ солкуобай эбит. Кинигэ себестоимоһа үксэ полиграфия сыанатыттан (кумааҕы, бэчээттээһин) тутулуктаах диэбиттэр. Онон ону чэпчэтэр күчүмэҕэй, сатаммат да диэххэ сөп.
Онон арааһа кумааҕы кинигэни өйөөрү биир өттүттэн киирэллэрэ буолуо - конкурены "баттаан".
Ол аата табах, арыгы курдук, электрон кинигэ сыаната ханнык эрэ таһымтан чэпчиэ суохтаах диэн дөкүмүөн ылыныы. Холобур, ханнык да кинигэни 4 мөһөөктөн чэпчэкигэ атыылыыр көҥүлэммэт диэн. Бүттэҕэ ол.
Дьикти.