Ситим-сир туһунан

Бу "КиберСаха" диэн ааттаммыт бөлөх блога. Сүрүн ситим-сирэ манна баар www.cybersakha.org

понедельник, 12 декабря 2011 г.

Саха тыллаах хаһыат 90 сыла дуо?

Бээһээ үбүлүөйгэ сырыттым.
Сахалыы тыллаах хаһыаттар 90 сыллара диэн ыҥырбыттара.
Ону баара иккис тыл этээччи Ил Түмэн дьокутаата (бастакы зампред Габышева этэ) олох да официальнай эрэ хаһыат 90 сылын туолла, оттон 100% сахалыы тыллаах хаһыат бастакы нүөмэрэ 1907 сыллааха тахсыбыта, ол аата сүүстэн тахса сыл ынараа өттүгэр диэн дьону эмиэ да үөртэ, эмиэ да соһутта. Онон бу үбүлүөй - официальнай бырабыыталыстыба хаһыата "Саха Сирэ" хаһыат үбүлүөйэ диэн салгыы эттэ.

Онтон сылтаан МВД бэрэстэбиитэлэ симиттэн хаалан, ыҥырыы сурук хойут кэлбитэ иҥин, онон сыыһа бэлэмнэммиппит диэбит курдук, "Кыым" хаһыат суруналыыһыгар туох эрэ наҕараада туттардаҕа үһү))))

Дьэ сор диэтэҕиҥ)))

понедельник, 31 октября 2011 г.

Тылбытын омуктар сэргииллэр

Бэҕэһээ фэйсбуукпар икки киһи суруйбут Швецияттан уонна Австрияттан.

Туох эрэ хамсааһын буолуох курдук дуу...

Бу күннэргэ цифровой уопсастыба сайдыытын 5 сыллаах былаанын аахтым. Киһи сэргиир дөкүмүөнэ. Баар балаһыанньа сөпкө ойууламмыт курдук.
Тугу ситиһиллиэхтээҕэ уопсай тылынан да буоллар баар курдук.
Тоҕо көрдүҥ диэ... Бастакытынан, былаас тугу былаанныырын билэр куолу. Оттон иккиһинэн...
Баҕар, онно киирсэн тугу эрэ оҥорорго көмө буолбут киһи диэн...

среда, 12 октября 2011 г.

Путин электроннай кинигэ сыанатын үрдэтиэн сөп

Бу сарсыардаттан Коммерсант-Деньги супрунаалы ааҕа олоробун.
Премьер көннөрү кинигэ электрон кинигэҕэ хоттороору гыммытыттан дьиксинэр үһү. Кини дааннайынан кумааҕы кинигэ орто себестоимоһа 4 мөһөөк, оттон электрон кинигэ - 70 эрэ солкуобай эбит. Кинигэ себестоимоһа үксэ полиграфия сыанатыттан (кумааҕы, бэчээттээһин) тутулуктаах диэбиттэр. Онон ону чэпчэтэр күчүмэҕэй, сатаммат да диэххэ сөп.
Онон арааһа кумааҕы кинигэни өйөөрү биир өттүттэн киирэллэрэ буолуо - конкурены "баттаан".
Ол аата табах, арыгы курдук, электрон кинигэ сыаната ханнык эрэ таһымтан чэпчиэ суохтаах диэн дөкүмүөн ылыныы. Холобур, ханнык да кинигэни 4 мөһөөктөн чэпчэкигэ атыылыыр көҥүлэммэт диэн. Бүттэҕэ ол.
Дьикти.

четверг, 6 октября 2011 г.

Ынах күҥҥэ хаста хардыылыырый?

Бу омос көрдөххө туохха да туһата суох ыйытыы. Ол эрэн Израиль сүөһү иитээччилэрэ ынахтарыгар анал бөҕөх кэтэрдэллэр эбит. Онтулара ынахтан төһө үүт ыаммытын уонна да атын дааннайдары хаһаайыстыба көмпүүтэригэр биэрэр. Ол иһигэр күҥҥэ хаста хардыылаабытын.
Тоҕо ону билэ сатыылларый? Ыалдьыбыт ынах хаамара аҕыйыыр үһү.

Аны бу дьэбириэйдэриҥ кумах куйаарга оҕуруот аһа үүннэрэллэр эбээт.

Биһиги дьоммутун онно ыытан көрдөрөр, уопут атастаһыннарар киһи-и-и...

Мантан аахтым: http://goo.gl/7Q425

вторник, 4 октября 2011 г.

Бэрэсидьиэн Барыыһап блогердары кытта көрүстэ

Ол туһунан атын блогпар бэҕэһээ суруйбутум, итиитинэ.
Алтынньы 26 күнүгэр Аан дойдутааҕы информация күнэ буолар, хата ону хайдах бэлиэтиир туһунан этиилэргитин киллэриҥ диэтэ.
Блогердар толкуйдуох буоллулар.

Блог Кыраһа: Фонетический вариант железной клавиатуры

Блог Кыраһа: Фонетический вариант железной клавиатуры: Есть на свете ещё телефоны с физической клавиатурой, с "железной", по-нашему. Такая клавиатура в тыщу раз удобнее для набора текста, приятна...

суббота, 1 октября 2011 г.

Һөҕүҥ - сахалыы андроид!

Михаил Кыраһа диэн Эмиэрикэҕэ олорор биир дойдулаахпыт Андроидка сахалыы клавиатура аттарыытын оҥордо.

Бу үстүрүмүөн андроидтаах коммуникатордарынан ситим-сирдэргэ сахалыы суруйары, социал-ситимнэргэ суруйсары хааччыйар.
Үчүгэйдик көстүбэт буоллаҕына ойууну баттаа - улаатыа.
Ону ааһан эбээн, эбэҥки, дьукээгир омуктар алпабыыттарын эмиэ өйүүр.

Хачайданан ылан туруорунан көрүҥ!

вторник, 27 сентября 2011 г.

Саха ыраахтааҕыта

Бэҕэһээ Саха судаарыстыбаннаһын күнэ этэ.

Онон бу сир сүрүн тиэмэтиттэн - тыл технологияҕа киирититтэн - арыый тэйэн, кылгастык атыны суруйуом.

Саха ыраахтааҕыта диэн Тыгын Дарханы бары да билинэбит быһыылаах. Ол гынан баран "Илин" сурунаал бастакы нүөмэригэр баар ыстатыйаны ааҕа олорон, дьиҥинэн, өссө биир ыраахтааҕы баар буола сылдьыбытын биллим.

Бу солону Екатерина Торуой ыраахтааҕыттан Сэһэн Ардьакыап ситиспитэ. Аата Уобалас кулубата. Оттон бастакы уонна соҕотох маннык солону бэйэтигэр холоммут киһи - Соппуруон Сыраанап. Саха орто көлүөнэтэ бу дьону хайаларын да билэр.

Ол гынан баран ыраахтааҕы диэн улахан эпиитетынан билбэттэр. Бу кэнниттэн дьалхааннаах XX үйэ саҕаланыар дылы сирбитин кэлии дьон салайан олорбуттара. Үрдүкү салалтаҕа биир да саханы чугаһаппаттар этэ.

Манна олоҕуран суруйдум:
"Илин" сурунаал, 1№, 1991, "Сэһэн Ардьакыап уонна Сахалар тустарынан былаан", Зоя Петухова.

понедельник, 26 сентября 2011 г.

Ынырыксион көрдөһүүтүнэн

Ykt.ru ханнык эрэ түһүлгэтигэр биир Ыынырксион диэн ааттаах киһи бу сиргэ (blogger.com) бэлиэтэнэр ыараханын суруйбут.
Ол иһин хайдах бэлиэтэниэххэ сөбүн ойуулаан биэриэм.

Аан бастаан үөһээ уҥа муннукка Войти диэни булаҕын:
Онтон маннык тахсыа:
Гугльга электрон почталаах буоллаххына ити күөх стрелка ыйбыт сиригэр киллэрэҕин.
Оттон суох буоллаҕына кыһыл стрелка ыйбыт сирин баттыыгын.
Маннык тахсыа:

Толороҕун. Уонна салгыы баран иһэҕин.
Онтон.

Почтаны бэлиэтээн баран эбэтэр почтаҥ уруккуттан баар буоллаҕына маннык кэлиэхтээх:


Эмиэ толороҕун. Бүттэ. Бу сиргэ блогтанныҥ (хайаан да онтуккар суруйар ирдэммэт). Уонна атын блогтарга коммент суруйар кыахтанныҥ.

Манна диэн эттэххэ, аан дойду ханнык эрэ бэлиэтэнэр атын тиһиликтэригэр бэлиэтэммит буоллаххына (холобур ЖЖ, Твиттер иҥин) эмиэ блог да оҥостубаккаҕын манна коммент суруйуоххун сөп.

воскресенье, 25 сентября 2011 г.

Эксгибиция ;-)

Били exhibition IITII дьэ бүттэ. Бүгүн официальнай түмүгэ тахсар.
Хата Куруһаалаҕа кэлэ сылдьаарыҥ, күнүс иккигэ.



Кылгастык эттэххэ тымныы баҕайы, ол эрээри бэрт сэргэхтик ааста. 
Икки күннээҕи хаартыскалары көрдөрөбүн. 

Бастакы 3х3 балааккабытын  биир күн иннинэ туруорбуппут. Онтубутун түүн тыал охторон дьардьама тимирин алдьатан кэбиспит. Онон быыстапка иннинэ аҕай 2х3 арыый бөҕө дьардьамалааҕы ылан аҕалбыппыт. Онтубутун да төрдүө буолан нэһиилэ туруордубут ээ - тыал-куус бөҕө. Аны сиргэ таттарар кыах суох - стадион буоллаҕа - тугу да батары саайары көҥүллээбэттэр.
Онон бу ыскаамыйаны хата булан баттатан, атахтарын баайан балаакабытын быыһаатыбыт.


Балааккабытын дьэ туруоран баннердарбытын ыйыыбыт, көмпүүтэрдэрбитин хостуубут.
Киһи бөҕө тоҕуоруста.




Балааккабыт иччитэ Сэргэй
Биллэр фотограф
Таатта Чычымаҕыттан сылдьар эбээлэр түмсүүлэрин салайааччыта
Оннугар олорон, дьоҥҥо диискэ суруйан биэрдибит. Онно киирдилэр саха буукубаларын өйүүр бичиктэр, клавиатура аттарыыта, сахалыы ситим-сирдэр тиһиктэрэ, сахалыы интерфейстээх МедиаВики движок, көмпүүтэргэ сахалыы суруйуу туһунан араас ыстатыйалар

Бастакы диискэбит. ХИФУ ректорын көмөлөһөөччүтэ үс диискэни ылан барда, Эмиэрикэҕэ илдьэн көрдөрүөм диир.
Бырабыыталыстыба бэрэстээтэлин солбуйааччы Феодосия Габышева быыстапканы көрө сылдьар. Манна диэн эттэххэ, ааһа баран эрдэҕинэ ыҥыран ыллыбыт.
Диискэбитин биэрдибит, тугунан дьарыктанарбытын кэпсээтибит. Отой кылгастык.
Кэлбит, сэргээбит дьоҥҥо кыра сахалыы халандаар уонна визиткэ биэрэбит.
Биллиилээх суруйааччы Куорсуннаах уонна кэргэнэ СТС-Саха салайааччыта. Сотору Бодойбоҕо саха дьахтарын аатын бибилэтиэкэҕэ биэрбиттэрин үөрүүлээх тэрээһинигэр бараары сылдьалларын кэпсээтилэр.
Ойуку - Хаҥалас биллиилээх кыраайы үөрэтээччитэ, суруйааччы. Кинигэлэрбин интэриниэккэ таһаарыахпын сөп диэн мэктиэ тылын биэрдэ.
"Вести-Саха" араадьыйата нууччалыы уонна сахалыы интервью ылла.
"Бичик" кинигэ кыһатын салайааччыларын кытта.
Бэрдьигэстээххэ үлэлиир саха музыкальнай үнүстүрүмүөннэрин мастарыскыайын салайааччыта Бикипиэдьийэҕэ ыстатыйа суруттарар. Мобильнай интэриэт баар буолан тута киллэрэбит.
Аатырбыт мусукаан Владимир Мохначевскай (Махно диэнинэн ордук биллэр) - икки күнү быһа чэй иһэ-иһэ, алаадьы сии-сии өйөөн, күллэрэн - сылгытыйдаххытына ыалдьыаххыт суоҕа диир;-)
"Саха" көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньата интервью ылар.
- Саха тыла көмпүүтэр эйгэтигэр киирдэҕинэ эрэ ыччаппыт өбүгэлэрин билиитин утумнуо...
Аны Бэрт Дьикти сахалыы бичиктэр тустарынан интервью биэрэр
Юрий - бөлөхпүт кыттыылааҕа, оҕолору физтех лиссиэйгэ үөрэтэр, космос куйаарынан кыра эрдэҕиттэн "ыалдьыбыт" киһи, хаартыскалар аҥардара кини гиэннэрэ.
Дьэ, итинник.
Ыйытыылар баар буоллахтарына - хоруйдуом.
UPD: Арба да, диискэбитигэр ойуу бэчээттээн биэрбит киһиэхэ Ыстапаан диэн Бүөккэ Бөтүрүөп быраатыгар улахан махталбытын тиэрдэбит!

четверг, 15 сентября 2011 г.

Саха Спеллер дьэ таҕыста!

Баһылай Мигалкин 1998 сыллаахха оҥорбут сахалыы тиэкис таба суруллуутун бэрэбиэркэлиир бырагыграаммата Саха сирин оскуолаларыгар тарҕанан эрэр. Балаҕан ыйын 14 күнүгэр Саха гимназияҕа установочной сэминээр буолан ааста.

Сиһилии

понедельник, 12 сентября 2011 г.

Кемаль Джемаал арааб алпабыытыгар көһүү туһунан ыстатыйатын ааҕан баран

Сэргээн аахтым.

Ол эрээри бу ыстатыйатыгар алпаабыт сүдү суолталаах диэбит.
Мин санаабар ити күүркэтэн этии. Алпаабыт тылы биллэн турар уларытар, киниэхэ дьайар, ол эрээри ол дьайыыта оннук айылаах күүстээх буолбатах. Урукку буолбатах. Билигин атын фактордар тылы өссө күүскэ уларыталлар. Ону ааһан, сотору кэминэн тыл бэйэтин да суолтата намтыыра буолуо - дьон улам-улам ойууларынан, уобарастарынан толкуйдуур уонна бэйэ-бэйэлэрин ыккардыгар алтыһар буолан иһэллэр. Технология сайыннаҕына ол эмискэ олох таһымын уларытыан сөп.
Мин санаабар алпабыыты уларыта сатааһын - политика албаһа.

понедельник, 5 сентября 2011 г.

Файрфокс инники күөҥҥэ

Бэҕэһээ Африка сурутуутугар биир бэрт сэргэх сир туһунан суруйбуттар.

Араас бырагырааммалар (операциялыыр систиэмэлэр, брааузердар иҥин) төһө элбэхтик туһаныллалларын график гынан таһаарар. Файрфокс барыларын куотан иһэр эбит. ИЕ ирээтэ буоллаҕына улам кыччаан иһэр.

Сиһилии манна көрүҥ:  Пристрастия юзеров

среда, 31 августа 2011 г.

Эбэҥки тылын клавиатууратын аттарыыта

Жаргал Бадагаров (Улан-Удэ) саҥа эбэҥки аттарыытын оҥорбутун туһунан бу сарсыарда биллэрдэ. Хайа, хайдах, оттон баар этэ дии диэбиппин, эбэҥкилэр ону табыгаһа суох дииллэр диэтэ.
Соторутааҕыта Бурятияҕа кэмпириэнсийэ буолбута, сүтэн эрэр тыллар кыһалҕаларын быһаарсар соруктаах. Онно Саха сириттэн икки дьахтар баар үһү, эбээн уонна эбэҥки.

Ааттарын Жаргаал өйдөөбөт, кэлин көрөн этиэм диэтэ.

Киһи дьиксинэрэ манна биир эрэ - хас да стандаарт баар буоллаҕына мөккүөр тахсыан, ол мөккүөр үчүгэйгэ тиэрдиэ суоҕун эмиэ сөп.

вторник, 30 августа 2011 г.

КиберСаха соруктара

Бэҕэһээ Альберты кытта кэпсэтии кэмигэр оҥортообут бэлиэтээһиннэрбин бэчээттиибин:
1. Пекарскай тылдьытын туттарга табыгастаах гыныы - индекс-көрдөбүл оҥоруу;
2. Он-лайн тылдьыты хаҥатыы: тыллары эбии, баар тыллар быһаарыыларын тупсарыы;
3. Тылбаасчыты киэҥ эйгэҕэ таһаарыы;
4. Тылдьыты Лингво формаатыгар көһөрүү - хайдах эмит ABBYY тэрилтэ былааныгар киирии, кини бородуукталарыгар саха тыла баар буоларын хааччыйыы;
5. Саха литэрэтиирэтин барытын электрон хомуурунньугун таһаарыы туһунан - болкулуору, прозаны уонна поэзияны, саатар хрестоматия курдук;
6. Үөрэтэр-такайар роликтары устан тарҕатыы (холобур, маһынан, тимиринэн уһаныы култууратын уонна ньымаларын көрдөрөр кылгас киинэлэр)
7. Бырагыраммалары локализациялааһын.

КиберСаха бөлөх тэрилтэ буолуоҕа

Бэҕэһээ Альберт Габышевтыын көрсөммүт бөлөхпүтүгэр олоҕуран коммерческайа суох парнтерство тэрийиэх буоллубут.

AskYakutia - ситим-сир


AskYakutia ситим-сир ааптарыттан Болот Бочкаревтан интервью ыллым. "Хатан" сурунаал аныгыскы нүөмэригэр бэчээттэниэ.

понедельник, 29 августа 2011 г.

Тюкуль үрэх диэн тугуй?

Биир Магадаан оҕонньоро (билигин ханна эрэ атын сиргэ олорор киһи) быһаас Тюкуль-Юрях диэн сахалыы быһыылаах, суолтатын быһааран кулу диэн суруйбута.
Багдарыын Сүлбэ улахан уолунан Ньургунунан аҕатын картотекатыгар көрдөтөн көрдүм да, туох да суох буолан биэрдэ.
Бу үрэх Магадаан уобалаһын Тенькинскэй оройуонугар баар эбит. Онно сахалар уруккуттан олорор сирдэрэ. Тэҥкэ диэнтэн тахсыбыт эбит оройуон аата.
Уопсайынан Магадаан уобалаһыгар Халыма тардыытыгар сахалыы топоним гидроним бөҕө.
Бу туох суолталаах тылый?
Баҕар ким эрэ сабаҕалаан, таайан таһаараарай?

воскресенье, 28 августа 2011 г.

Саха хоһооннорун тылбаастыыр дьоҥҥо аналлаах

Башкиирдар түүр тыллаах поэзияны нууччалыы тылбаастыыр дьоҥҥо күрэх биллэрбиттэр. Аата "Ак турна" - "Үрүҥ туруйа" - ол аата кыталык буоллаҕа.
Ол туһунан сиһилии мин Ааптардарга күннүкпэр аах.

вторник, 23 августа 2011 г.

Эмиэрикэттэн сылдьар биир дойдулаахпыт Тэриһи кытта көрүстэ

СахаДиаспора салайааччыта, СахаОпенВорлд ситим-сир дьаһабыла Вера Соловьева Вашингтонтан дойдутугар үлэлии уонна күүлэйдии кэлэ сылдьар. Үс оҕотун аҕалбыт, эбэлэрин эһэлэрин кытта көрүһүннэрбит.
Бэҕэһээ Айыы Дьиэтигэр баран учуонай уонна дьөһүөл Тэриһи кытта билистэ.
Уруккаттан иитийэхтии сылдьыбыт санаатын толорон сүрдээҕин астынна.
Тэрис да кини туһунан урут истибит эбит, бэркэ сэргээн кэпсэттилэр.

Вера ыраах тэлэһийэ сылдьар саха киһитэ хайдах өбүгэлэрин билиитин сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыан сөбүн, сиэри-туому хайдах тутуһуохха сөбүн ыйыталаста. Тэрис Айыы үөрэҕин устуоруйатын, атын итэҕэллэри кытта хайдах дьүөрэлэһэрин кэпсээтэ.

понедельник, 22 августа 2011 г.

Канаада суруйааччытын кыһалҕата

Соторутааҕыта билэр киһим Канаада суруйааччытын кытта көрсүһүүгэ ыҥырбыта.

Хантан манна мунан кэлэн хаалбыт киһиний диэн муодарҕыы санаабытым. Киһибит Хоту дьонун сэргиир эбит. Кинилэр тустарынан суруйан, ол кинигэлэрин атыылаан килиэптэнэн олорор.
Хоту дьонун мындыр өйүн арҕаа цивилизация дьонугар тиэрдэр соруктаахпын диир.

Бу туһунан сиһилии хаартыскалаан тойдоон өссө суруйуом этэ.

UPD. Нууччалыы суруйан кэбистим. Онон манна укпатым. Манна көрүҥ

воскресенье, 21 августа 2011 г.

Тылбаас/локализация

Тылбаастаныахтар бырагырааммалар үгүстэр.
Олортон бастакы күөҥҥэ күн аайы саамай туттуллар бырагырааммалар тураллар. Холобур, Майкрософт офиснай приложениялара - Ворд, Эксель уо.д.а., почта бырагырааммалара, уонна, биллэн турар брааузердар. Иккис күөҥҥэ операционнай систиэмлэри, CMS-тары уонна социал-ситимнэри ааттыахха сөп буолуо. Үһүскэ - оонньуулар.
Хас биирдии бырагыраамма интерфейсэ тыһыынчанан тылбаастанар тыллаах, этиилээх. Холобур вики-движок аҥардас олох тылларын тиһигэ 6 тыһыынчаттан тахса. Оттон Мозилла Файрфокс браузер отучча тыһыынча устуруокатын тылбаастатар.
Бу уһун сыралаах үлэ. Хамнас төлөммөт буоллаҕына отой да уустугурар. Онон мантан хайатын бастаан тылбаастыыбыт? - диэн ыйытыы тахсан кэлэр.

Мин саныахпар бастакы сиэр маннык:
Тылбаастанар бырагыраамма аһаҕас куодтаах буолуохтаах. Тоҕо? Бу судургу. Холобур, аан бастаан Майкрософт бородуукталарын тылбаастыырга көмө буоллахпытына, ол үлэбит түмүгүн Майкрософт бэйэтэ эрэ бас билиитигэр ылар, атын бырагырааммалары тылбаастыырга онон ол тылбаас олоҕо көмө буолбат. Оттон Sun корпорация OpenOffice тылбаастаатахпытына бу манна өйөнөн Майкрософтар да хаһан эрэ бэйэлэрин локализацияларын оҥорор кыахтаныахтар этэ.

Ол аата аан бастаан туох баар күүспүтүн саамай туттуллар аһаҕас куодтаах бырагырааммаларга быраҕыахтаахпыт, холобур, Опен Офис, Файрфокс.

Саха тыла аан ситимҥэ уонна көмпүүтэр эйгэтигэр

Омук бэйэтэ туһунан култууралаах буоллаҕына омук буолар. Оттон култуура олоҕо - тыл. Тыл сүттэҕинэ култуураны хааччыйар араҥа суох буолар, омук уларыйар, атын омукка сыстан симэлийэр суолга үктэнэр.

Аныгы кэмҥэ аан дойдуга дьалхааннаах хамсааһыннар бара тураллар. Бу хамсааһыннар түмүктэригэр култууралар бэйэ-бэйэлэригэр сабыдыаллара күүһүрэр, элбэх киһилээх дойдулар, омуктар, цивилизациялар аҕыйах киһилээхтэри улам-улам ылан иһэллэр.

Ол гынан баран аан дойду дьонугар холбоһуу-силбэһии эрэ буолбакка, баары харыстааһын хамсааһына эмиэ күүстээх. Холобур, ЮНЕСКО этэринэн хас биирдии омук култуурата - бу киһи-аймах баайа, онон бу баай симэлитиллиэ, сүтэриллиэ суохтаах.

Биһиги төрөөбүт сахабыт тыла эмиэ сүтэр куттааллаах диэн сорох эспиэрдэр сыана быһаллар. Сорохтор, төттөрүтүн, куттал суох, атын омуктарга холоотоххо, отой да үчүгэй туруктаах дииллэр. Дьиҥнээҕэ арааһа, ханан эрэ бу сыанабыллар ыккардыларыгар сытара буолуо.

Ол гынан баран биири мин чопчу билэбин - ийэ тылбыт көмпүүтэр эйгэтигэр ирэ-хоро киирбэтэҕинэ, аан ситим киэҥ киэлитигэр сатараабатаҕына, кэнэҕэски ыччаттарбыт төрөөбүт тылларын улахаҥҥа ууруохтара суоҕа, оччоҕо саха омуга туман буолан көтүө, саха тыла үһүйээннэргэ эрэ, былыргы өлбүт кинигэлэргэ эрэ хаалыа.

Ол иһин сахалыы ситим-сирдэри элбэтиэхтээхпит, бырагырааммалары тылбаастыахтаахпыт, оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн сахалыы ситим-сирдэр бааллар диэн көрдөрүөхтээхпит. Электрон почтанан сахалыы суруйсарга холобур буолуоххайыҥ, кэпсэтэр түһүлгэлэргэ сахалыы алтыһыаххайыҥ.

Хаһан эрэ бу сиэрбискэ бэлиэтэммиттээҕим

Ол эрэн элбэҕи суруйбатаҕым. Бу сырыыга Михаил Кыраһа манна суруйбутуттан сиэттэрэн, КиберСаха эмиэ бэйэтин бэлиэ охсубут сирдээх буолуохтаах диэн иитийэхтии сылдьыбыт санаабын толорон саҕалаан эрэбин.

Суолбут киэҥ буоллун, ойбоммут уолбатын. Домм!